2011 сыл
2011 сыл.
Туох буолбута
Тохсунньу
- Тохсунньу 1 — Эстония официальнайдык евроҕа көһөр.
- Тохсунньу 14 — Тунис бэрэсидьиэнэ Зин эль-Абидин Бен Али Саудовскай Аравияҕа күрээбит. Бу дойдуга кини былааһын утары буолбут хас да бөдөҥ демонстрацияны «Арааб сааһа» саҕаланыытынан ааҕаллар.
- Тохсунньу 25 — Эгиипэт өрөбөлүүссүйэтин бастакы долгуна саҕаламмыт. Уулусса устун тэрээһиннээх хаамыылар, миитиннэр, былаас модьуйуутун истибэт буолуу аахсыйалара, забастовкалар уонна хааннаах киирсиилэр буолуталаабыттар.
- Тохсунньу 27 — Арааб сааһа: Йиэмэҥҥэ өрөбөлүүссүйэ саҕаламмыт, 16 000 тахса бырачыастааччылар Санаҕа аарбыйалаан хаампыттар(демонстрация).
Олунньу
- Олунньу 11 — Арааб сааһа: Эгиипэккэ өрөбөлүүссүйэ 17 хонуктаах бастакы долгуна бэрэсидьиэн Хосни Мубарак былаастан туорааһыныгар тиэрдибит, былааһы байыаннай үрдүкү сэбиэт тутан хаалбыт.
- Олунньу 14 — «Арааб сааһа»: Бахрейнҥа «Уордайыы күнэ» диэн ааттаммыт өрө туруу саҕаламмыт.
- Олунньу 17 — «Арааб сааһа»:
- Ливияҕа Муаммар Каддафины утары бырачыастар саҕаламмыттар.
- Бахрейнҥа куттал суох буолуутун сэбилэниилээх күүстэрэ Манаамаҕа бырачыастааччылар утары рейдэ оҥорбуттар, бу түбэлтэ олохтоохторго Хааннаах чэппиэр диэн аатынан биллэр.
Кулун тутар
- Кулун тутар 1 — Арассыыйаҕа «Полиция туһунан» сокуон олоххо киирбит.
- Кулун тутар 3-6 күннэрэ — Саха сирин дьахталларын XIII сийиэһэ буолбут.
- Кулун тутар 11 — Японияҕа, Фукусима куоракка сир хамсааһын түмүгэр Чуумпу далайга сүүнэ улахан цунами кэлэн «Фукусима дай ичи» атом станциятын урусхаллаабыт.
- Кулун тутар 12 — Японияҕа сир хамсааһынын уонна цунами кэнниттэн Фукусима-дайити АЭС ректора саахалламмыт, радиация тас эйгэҕэ быраҕыллыбыт.
- Кулун тутар 27 — Арассыыйаҕа сайыҥҥы кэмҥэ көһүү тиһэҕин буолбут. Бу кэнниттэн сайыҥҥы-кыһыҥҥы диэн чаас сыҕарыйбат буолбута.
Муус устар
Ыам ыйа
Бэс ыйа
От ыйа
Атырдьах ыйа
- Атырдьах ыйын 13 — Мииринэй оройуонугар Айхал бөһүөлэк олохтоммута 50 сылын бэлиэтээбиттэр. Рудник бастакы дириэктэрин, бөһүлэги төрүттээбит Георгий Кадзовы ахта-саныы биир дойдулааҕа Хотугу Осетия-Алания бырабыытылыстыбатын бэрэстээтэлин солбуйааччы Валентин Базров кэлэ сылдьыбыт. Айхалга параад буолбут, Кадзовка мэҥэ өйдөбүнньүк аһыллыбыт.
- Атырдьах ыйын 22 — Дьокуускайга Сибиир, Уһук Илин куораттарын мээрдэрэ Япония Арҕаа Кытылын мээрдэрин кытта XXIII көрсүһүүлэрэ аһыллыбыт. Японияттан Хагодатэ, Акита, Юрихондзе, Ниигата, Цубамэ, Дзеэцу, Тояма, Такаока, Цуруга, Майдзуру, Арассыыйаттан Хабаровскай, Биробиджан, Благовещенскай, Камчааткатааҕы-Петропавловскай, Находка, Соҕуруу Сахалинскай, Улан-Удэ уонна Владивосток куораттар бэрэстэбиитэллэрэ кэлбиттэр. Туризм уонна көлө сайдыытын туһунан кэпсэппиттэр.
- Атырдьах ыйын 23 — "Өлүөнэ турууктара" паарканы ЮНЕСКО-ттан кэлбит эспиэрдэргэ (Соҕуруу Кэриэйэттэн Ке Син Ху, Монголияттан Соранг Го) көрдөрбүттэр.
Балаҕан ыйа
Алтынньы
- Алтынньы 6 — ХИФУ Чукоткатааҕы филиала аһыллыбыт.
- Алтынньы 12-16 — Хабаровскайга аан бастаан Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын гастроллара буолбут. "Кыһыл ойууну" көрдөрбүттэр.
- Алтынньы 15 — Аан дойду үрдүнэн 82 дойду 950 куоратыгар улахан бырачыастар буолбуттар. Бырачыас сүрүн тиэмэтэ — экономическай тэҥэ суох буолуу, корпорациялар судаарыстыбаларга сабыдыаллара, бэлиитикэҕэ коррупция.
- Алтынньы 16 — "Азия оҕолоро" оонньуулары Азия Олимпиадаҕа кэмитиэтэ өйүүрүн биллэрбит. Ол туһунан меморандумҥа Ашхабаакка буолбут кэмитиэт мунньаҕар илии баттаабыттар.
- Алтынньы 18 — Арассыыйа, Украина, Беларусь, Казахстан, Армения, Кыргыстаан, Молдавия уонна Таджикистан СНГ-га көҥүл атыы-эргиэн зонатын олохтуур сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар.
- Алтынньы 20 — Ливияҕа гражданскай сэрии: өрө турааччылар Ливия диктаатарын Муаммар Каддафины туппуттар уонна сотору кэминэн өлөрбүттэр, манан Ливия бастакы гражданскай сэриитэ түмүктэммитэ.
- Алтынньы 31 — Аан дойду дьонун ахсаана 7 миллиард буолбут.
Сэтинньи
Ахсынньы
- Ахсынньы 1 — Алма-Атааҕа метрополитен аһыллыбыт.
- Ахсынньы 18 — АХШ сэриилэрин бүтэһик чаастара Ираак сириттэн таһаарыллыбыттар. Кинилэр Ираакка 2003 сыллаахха Саддам Хусейн эрэсиимин сууллара киирбиттэрэ.
- Ахсынньы 27 — "Саха сирин саҥалыы сайдыытыгар уопсастыба ис кыаҕа" (нууч. Духовный потенциал общества в инновационном развитии Якутии) диэн ааттаах уопсастыбаннас форумун түмүктүүр мунньаҕа буолбут. Форумҥа Саха сирин омуктарын төрүт сиэрдэрин-туомнарын декларацията (нууч. Декларация духовных ценностей народов Якутии) ылыныллыбыта[2].
Төрөөбүттэр
Өлбүттэр
- Кулун тутар 2 — тюрколог учуонай, түмэт дьайыксыт, С. А. Новгородов аатынан бириэмийэ лауреата Юрий Васильев - Дьаргыстай. Алтаай тыатыгар учууталлыы сылдьан алтаай тылын үөрэппитэ, Новосибирскайга аспиратураҕа үөрэммитэ, Алма-Атаҕа хандьыдаат диссэртээссийэтин саха тылын тэҥниир ньымаларыгар 1981 с. көмүскээбитэ, 1992—1994 сс. Анкара университетыгар саха тылын туһунан лиэксийэлэри аахпыта.
- Кулун тутар 29 — Степан Дадаскинов Егорович — "Геван" эрэдээксийэни олохтообут суруналыыс, бэйиэт, прозаик.
- ↑ Лукинов А.И., Мярикянова Э.Т., Филиппова Ю.А. Республика Саха: Год 2011. — Якутск: Бичик, 2012. — 210 с. — ISBN 978-5-7696-3744-5
- ↑ Лукинов А.И., Мярикянова Э.Т., Филиппова Ю.А. Республика Саха: Год 2011. Якутск: Бичик, 2012. 280 с. ISBN 978-5-7696-3744-5
|
|