1957 сыл
1957 сыл.
Туох буолбута
Тохсунньу
Олунньу
Кулун тутар
Муус устар
- Муус устар 8 — Саха Сиринээҕи территориальнай геология управлениета тэриллибит.
- Муус устар 10 — ССРС Наукатын Академиятын Сибиирдээҕи филиалын Геология институута олохтоммут. 2000 с. атырдьах ыйыттан — Алмаас уонна күндү тимирдэр институуттара (НА Сибиирдээҕи салаатыгар киирэр).
- Муус устар 11 — Сингапур бэйэтэ бэйэтин салайынарын Британия билиммит.
- Муус устар 15 — 1939 сыллаахха Дьокуускай хаайыытыгар, доппуруос биир да түгэнигэр бэйэтин буруйдааҕынан билиммэккэ, кими да буруйга уган биэрбэккэ, кырбанан уонна аччыктаан 56 сааһыгар өлбүт судаарыстыбаннай диэйэтэл Илья Прядезников толору реабилитацияламмыт.
Ыам ыйа
- Ыам ыйын 3 — Көскө олорбут карачаай омуктары дойдуларыгар төннөрбүттэр.
- Ыам ыйын 3 — ССРС-ка холкуостары сопхуостарга көһөрөр туһунан уураах тахсыбыт.
- Ыам ыйын 10 — ССРС-ка саҥа сокуонунан[1] совнархозтар олоххо киирбиттэр, уларытыы соруга — дойду хаһаайыстыбатын салайыы аһара кииннэниитин суох гыныы этэ (децентрализация).
- Ыам ыйын 18 — ССРС Миниистирдэрин сэбиэтин уурааҕынан ССРС Наукатын академиятын Сибиирдээҕи салаата төрүттэммит. Бастакы бэрэстээтэлинэн математик Михаил Лаврентьев буолбут.
Бэс ыйа
- Бэс ыйын 6 — Серафим Потапов реабилитацияламмыта — Саха устуоруктарыттан биир бастакылара, кыраайы үөрэтээччи, дьоҕурдаах суруналыыс быһыытынан биллибит киһи, судаарыстыба диэйэтэлэ. Үөһээ Бүлүүгэ прогрессивнай өйдөөҕүнэн биллибит Баай Батаакап оҕолоруттан биирдэстэрэ, 1938 сыллаахха хаайыллыбыта, 1941 сыллаахха Халымаҕа лааҕырга сүтаан өлбүтүн туһунан сурах кэлбитэ.
От ыйа
- От ыйын 23 — Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы олохтоспут Иван Строд буруйа суоҕунан реабилитацияламмыт. 1937 сыл атырдьах ыйын 19 күнүгэр сууттаабыттара, терроризмҥа күтүрээбиттэрэ уонна ол күн ытан өлөрбүттэрэ.
- От ыйын 28 — Москубаҕа VI Дойдулар ыккардыларынааҕы ыччат уонна устудьуоннар фестиваллара саҕаламмыт. Манна 131 дойдуттан 34 тыһыынча киһи кэлбит. Фестиваль сабыллыытыгар толоруллубут "Подмосковные вечера" диэн ырыа Сэбиэскэй Сойуус аан дойдуга киэҥник биллибитэ.
- От ыйын 29 — Атом энергиятыгар аан дойдутааҕы ааҕыныстыба (МАГАТЭ) тэриллибит.
Алтынньы
- Алтынньы 3 — Саха АССР-ы Ленин уордьанынан наҕараадалыыр туһунан ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Бүрүсүүдьүмүн ыйааҕа тахсыбыт.
- Алтынньы 4 — Байконур полигонуттан Сир бастакы искусственнай аргыһа «Спутник-1» ыытыллыбыт. Космос эрата саҕаламмыт.
Ахсынньы
Төрөөбүттэр
- Муус устар 24 — Александр Федоров — ирбэт тоҥу чинчийэр аан дойдуга билиниллэр Арассыыйа учуонайа, Ирбэт тоҥу чинчийэр институт солбуйааччы дириэктэрэ, география билимин дуоктара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин билимин үтүөлээх диэйэтэлэ.
- Ыам ыйын 16 — Магадаан Ягодное бөһүөлэгэр Юрий Шевчук төрөөбүт, ырыаһыт, музыкант, бэйиэт, композитор уонна продюсер, DDT бөлөх салайааччыта. Аҕата хаһаахтартан төрүттээх (эһэтин ыраахтааҕыга сулууспалаабыт диэн 1937 сыллаахха ытан өлөрбүттэр), ийэтэ татаар (репрессияламмыт мулла сиэнэ).
- От ыйын 10 — Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун Төҥүлү сэлиэнньэтигэр Виктор Игнатьев — мэдиссиинэ билимин дуоктара, профессор, үрдүкү категориялаах хирург, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх бырааһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын туйгуна.
- Атырдьах ыйын 6 — Кычкина-Борисова Альбина Михайловна, Арассыыйа үтүөлээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуот артистката.
- Балаҕан ыйын 11 — Шапошникова Аита Ефимовна, тылбаасчыт, критик. 1995 сылтан Арассыыйа суруйааччыларын холбоһуктарын чилиэнэ.
- Балаҕан ыйын 15 — Слепцов Платон Алексеевич - историческай билим кандидата,
- Алтынньы 9 — Гоголев Василий Николаевич — саха биллиилээх тустууга, ССРС спордун үтүөлээх маастара
- Алтынньы 18 — Никифоров Владимир Маевич — филология билимин кандидата.
- Алтынньы 21 — Чигирёв Сергей Валентинович, АГИКИ опера студиятын уус-уран салайааччыта,
- Сэтинньи 3 — Герасимов Кирилл Афанасьевич — саха композитора, педагог, дирижер.
- Ахсынньы 6 — Михаил Евдокимов — эстраада артыыһа, юморист, киинэ артыыһа, РФ үтүөлээх артыыһа (1994), 2004 муус устарыттан 2005 сыл атырдьах ыйыгар дылы Алтаай кыраайын губернатора.
Өлбүттэр
- ↑ «О дальнейшем совершенствовании организации управления промышленностью и строительством»
|
|