Анна Андреевна Ахматова (төрөөбүтүнэн Горенко) — нуучча аатырбыт поэтессата.
Ахматова айымньыларын тэҥэ ыарахан дьылҕатынан биллэр. Бэйэтэ репрессияламматаҕа эрээри үс чугас дьоно репрессияҕа түбэспиттэрэ (бастакы кэргэнэ Н. С. Гумилёв 1921 с. ытыллыбыта, 1930-с сыллардааҕы табаарыһа Н. Н. Пунин үстэ хаайылла сылдьыбыта 1953 с. лааҕырга өлбүтэ), оттон соҕотох уола Л. Н. Гумилёв (хаайыыга (1930—40-с уонна 1940—50-с сс. 10 тахса сыл) олорбута. "Норуот өстөөхтөрүн" ойоҕун уонна ийэтин ыар дьылҕата Ахматова биир саамай биллибит айымньыларыттан биирдэстэригэр — «Реквием» поэмаҕа көстөр.
Дойду поэзиятын классигынан өссө 1920-с сылларга билиниллибит Ахматова кэлин ахтыллыбата, айымньылара цензураланаллара, бэйэтэ атаҕастанара (холобур ССКП КК 1946 с. уурааҕа). Элбэх айымньылара өлүөн иннинэ эрэ буолбакка, өлбүтүн кэннэ сүүрбэ сылтан тахса бэчээккэ тахсыбатахтара. Ол да буоллар кини аатыгар өлүөр дылы поэзия сөбүлээччилэрэ Сэбиэскэй да Сойууска, кыраныысса таһыгар да сүгүрүйэллэрэ.
Олоҕо
Ахматова 1889 сыллаахха бэс ыйын 23 күнүгэр төрөөбүт.
Айымньылара