Рио де Жанейро айылҕатынан, карнавалынан, самбатынан уонна биллиилээх пляжтарынан (Копакабана, Ипанема уо.д.а.) аатырар. Аан дойдуга биллэр кэрэхсэбиллээх сирдэринэн буолаллар Корковаду хайа үрдүгэр турар Христос улахан статуята, Христос Өрөһүйээччи (Cristo Redentor) диэн биллэр; Саахар төбө хайа (Pão de Açúcar); Самбадром (Sambódromo) диэн Карнавал ааhар сирэ уонна Маракана (Estádio do Maracanã) диэн аан дойду биир улахан футбол стадиона.
Куоракка аан дойду икки ордук улахан урбан тыалар бааллар: Floresta da Tijuca уонна Parque Estadual da Pedra Branca паарка тыата. Galeão омуктар икки ардыларынааҕы аэропорт Рио де Жанейроны Бразилия атын куораттарыныын холбуур уонна сорох омуктар икки ардыларынааҕы сырыылары ыытар.
Аан дойду биир кэрэ куората буолан баран, Рио ону тэҥэ аан дойду биир криминаллаах куората буолар. Ол өттүн туhунан Bus 174, Cidade de Deus уонна Tropa de Elite диэн киинэлэр ойуулаан көрдөрөллөр. Криминал үксэ фавелалар диэн куораты тулалыыр самнархай эҥэрдэргэ буолар.
Strategi Solo vs Squad di Free Fire: Cara Menang Mudah!