1931—1932 сс. — Саха АССР ВЦИК-ка бэрэстэбиитэлистибэтин консультана.
1932—1935 сс. — Москубаҕа Педагогика Киин чинчийэр институтун аспирана.
1935 с. Саха педагогическай институтун дириэктэрэ, норуот үөрэҕириитин уонна история секторын сэбиэдиссэйэ, онтон бастакы саха билимҥэ тэрилтэтин — Тыл уонна культура чинчийэр институтун — учуонай сэкиритээрэ.
1936 с. — Саха АССР Москубаҕа бастайааннай бэрэстэбиитэлэ.
Саха Сирин Сэбиэттэрин I, V сийиэстэрин делегата, ЯЦИК I, II, IV, V ыҥырыыларын чилиэнэ, ЯЦИК Президиумун I уонна IV ыҥыыыларын чилиэнэ. РСФСР Сэбиэттэрин XI, XII сийиэстэрин делегата, ССРС Сэбиэттэрин II, III сийиэстэрин делегата, ССРС ситэриилээх киин кэмитиэтин Омугун Сүбэтин чилиэнэ. «Ыраас олох» уопсастыба бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, үөрэхтээһин үлэһиттэрин сойууһун бырабылыанньатын чилиэнэ, «Саха омук» уопсастыба бырабылыанньатын чилиэнэ.
1938 с. сымыйанан буруйданан репрессияҕа түбэспитэ.