1923 сыл
1923 сыл.
Туох буолбута
Тохсунньу
- Тохсунньу 10 — Үрүҥнэр өттүлэриттэн 250-ча киһилээх, кыһыллар өттүлэриттэн 67 киһилээх Төҥүлүтээҕи кыргыһыы буолбут. Үрүҥнэр Мэҥэ улууһун киинин Төҥүлүнү ылаары саба түспүттэр даҕаны үс чаас кэриҥэ ытыалаһыы кэнниттэн чугуйбуттар.
- Тохсунньу 21 — ЯЦИК бастакы сиэссийэтигэр Саха АССР Совнаркомун бастакы састааба талыллыбыт: бэрэстээтэл И.Н. Барахов, солбуйааччытынан С.Н. Донской-I, наркомнарынан: ис дьыала — С.М. Аржаков, сир — С.Н. Донской-I, атыы-эргиэн уонна бырамыысыланнас — А.Л. Бахсыров, үөрэх — С.Н. Донской-II, юстиция — А.Д. Стефанюк, үп — А.А. Семенов, РКИ наркомун эб. быстах кэмҥэ толорооччу — П.Л. Киренскэй, доруобуйа харыстабылын управлениетын сэбиэдиссэйэ — И.Н. Скрябин уо.д.а.
- Тохсунньу 21 — Саха сиринээҕи Ситэриилээх Киин кэмитиэт (ЯЦИК) бастакы сиэссийэтигэр Бэрэстээтэлинэн Былатыан Ойуунускайы талбыттар.
- Тохсунньу 31 — Совнарком уурааҕынан Совнарком бөрөсүүдьүмэ анаммыт: бэрэстээтэл И.Н. Барахов, чилиэннэр — А.Д. Стефанюк уонна А.А. Семенов.
Олунньу
- Олунньу 2 — Полковник Рейнгард баһылыктаах пепеляевецтар офицерскай батальоннара соһуччу саба түһэн Амма солобуодатын ылбыт. Кыргыһыыга үрүҥнэртэн 20 киһи өлбүт, 32 киһи бааһырбыт, кыһыллартан 3 киһи өлбүт, 49 киһи билиэҥҥэ түбэспит. Бу буолуон 4 күн иннинэ Иван Строд кыһыл этэрээтэ Амматтан Уус-Майа диэки үрүҥнэргэ утары айаннаабыт эбит.
Кулун тутар
- Кулун тутар 16 — Кыһыллар генерал Ракитин үрүҥ этэрээтин тобоҕун кытары кылгас хапсыһыы кэнниттэн Мүрү сэлиэнньэтин (билиҥҥитэ Бороҕону) ылбыттар.
Муус устар
Ыам ыйа
Бэс ыйа
- Бэс ыйын 6 — Соловки арыыга хаайыы лааҕыр аһыллыбыт. Саха сиригэр гражданскай сэрии үрүҥнэр өттүлэригэр кыттыылаахтарын бу лааҕырга ыыталлара.
- Бэс ыйын 7 — Охуоскайга кыһылларга бэринимээри бэйэтин ытыммыт генерал Ракитин өлбүт. Кини Гражданскай сэриигэ өлбүт бүтэһик генерал буолбута.
- Бэс ыйын 17 — Степан Вострецов кыһыл этэрээтэ Айаан пордун ылбыт. Кыһыллар генерал Пепеляев этэрээтин эмискэччи төгүрүйэн охсуһуута суох 103 офицеры, 230 саллааты, ону кытары Анатолий Пепеляевы бэйэтин билиэн ылбыттар.
- Бэс ыйын 19 — Алдан куората олохтоммут. Бу күн Незаметнай үрэҕэр аҕыйах билэр дьонун кытары көмүс сууйа сылдьар саха Михаил Тарабукин уонна Дьокуускайтан кэлбит трудовой артель салайааччыта латыш Вольдемар Бертин кыһыл көмүс булбуттар.
- Бэс ыйын 24 — САССР Совнаркомун иһинэн былаанныыр хамыыһыйа тэриллибит (1947 с. Совмин Госплана диэн ааттаммыта)
- Бэс ыйын 25 — Саха сирин идэлээх сойуустарын бастакы сийиэстэрэ саҕаламмыт. 32 делегат кыттыбыт.
- Бэс ыйын 28 — «Известия» хаһыакка Тихон патриарх сэбиэскэй былааһы билинэргэ ыҥырар суруга тахсыбыт.
От ыйа
Атырдьах ыйа
- Атырдьах ыйын 4 — Бүлүү уокуругун 2-3 учаастактарыгар норуодунай судьуйанан 1902 сыллаахтан Үөһээ Бүлүү Хоротугар олохсуйбут сыылынай Андрей Дягилев анаммыт. Бу киһи Порт-Артурга (билигин Кытай Далянь куората) сулууспалыы сылдьан бэлиитикэҕэ буруйданан хаатыргаҕа ыытыллыбыта, кэлин Саха сиригэр көскө кэлэн олохсуйбута, саха кыыһын ойох ылан элбэх оҕону төрөппүтэ. 1926 сыллаахтан 1934 сыллаахха өлүөр диэри Хоро оскуолатын салайбыта.
Балаҕан ыйа
- Балаҕан ыйын 19 — ЯЦИК иһинэн Физкультура сэбиэтин тэрийэр туһунан ЯЦИК бөрөсүүдьүмүн уурааҕа тахсыбыт.
- Балаҕан ыйын 30 — Москубаҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы тыа хаһаайыстыбатын I быыстапкатыгар Саха АССР павильона аһыллыбыт. Тэрийээччи В.В. Никифоров-Күлүмнүүр тыл эппит. Онно 40-ча экспонаат кыттыбыт. Онтон сороҕо эһиилигэр Рим куоракка буолбут Аан дойдутааҕы быыстапкаҕа ыытыллыбыт.
Алтынньы
Сэтинньи
- Сэтинньи 8 — Германияҕа Мюнхен куоратыгар Пиибэ путча буолбут. Адольф Гитлер бэйэтин куомуннаахтарын кытары судаарыстыбаннай переворот оҥоро сатаабыта кыаллыбытах. Гитлер судаарыстыбаны таҥнарыыга буруйданан 5 сыллаах түрмэ хаайыытыгар ууруллубут, ол эрээри 9 ый ааспытын кэннэ босхоломмут. Бу путч кинини Германия үрдүнэн аатырдыбыта.
- Сэтинньи 15 — "Кыым" хаһыат маҥнайгы нүөмэрэ тахсыбыт.
Ахсынньы
- Ахсынньы 10 — 15 — II Бүтүн Саха сиринээҕи Сэбиэттэр сийиэстэрэ буолбут. Отчуоттуур дакылааты Совнарком бэрэстээтэлэ И.Н. Барахов оҥорбут. Сийиэс бырабыыталыстыба үлэтин өйөөбүт, сэбиэскэй былааһы салгыы бөҕөргөтөр, оройуоннааһыны түргэтэтэр, нэһилиэнньэ уопсай култууратын үрдэтэр уонна төрөөбүт тылынан ааҕыыны-суруйууну сайыннарар туһунан сорук туруорбут.
Төрөөбүттэр
- Алтынньы 6 — Яшар Кемаль — курд омуктан төрүттээх Турция реалист-прозаига, бэйиэтэ уонна быраабы көмүскээччитэ. Элбэх төгүл литэрэтиирэҕэ Нобель бириэмийэтигэр хандьытаат буолбутунан, ону кытта, тутулуга суох Курдистаны олохтооһун уонна Турцияҕа гражданскай уопсастыбаны тэрийээһин актыыбынай кыттыылааҕа буоларынан биллибит.
- Ахсынньы 5 — Копырин Николай Захарович, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ, тыл үөрэҕин билимнэрин кандидата, литератураны ырытааччы. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
Өлбүттэр
Литература
- Калашников А. А. Якутия. Хроника, факты, события: 1917-1953 г. ч.2. — Дьокуускай: Бичик, 2004.
|
|