1814
Туох буолбута
Тохсунньу
- Тохсунньу 29 — Наполеон былааска иккистээн кэлбит кэмигэр Бриенна аттынааҕы кыргыһыыга Наполенон бэйэтэ салайбыт аармыйата Пруссия уонна Арассыыйа холбоһуктаах сэриилэрин кыайбыт. Ол эрээри элбэх сүтүктэммит (3 эбэтэр 4 тыһыынча киһитин сүтэрбит, 11 тэргэнин нууччаларга былдьаппыт).
Кулун тутар
- Кулун тутар 30 — Наполеон утары коалиция сэриилэрэ (Арассыыйа, Англия, Пруссия уо.д.а.) Париж куораты сэриилээн ылбыттар, Наполеон сэриилэрэ манан түмүктэммиттэр.
Муус устар
- Муус устар 4 — Наполеон бөрүстүөлтэн бастакытын батыммыт, төрөппүт уолун Наполеон II Франция импэрээтэринэн биллэрбит.
- Муус устар 5 — Франция импэрээтэрэ Наполеон I союзниктар (Арассыыйа, Пруссия, Австрия уонна Британия) баһылаан олорор Парижтарын сэриилии бараары гыммытыгар генераллара сөбүлэспэтэхтэр. Онтон сылтаан ыраахтааҕы бөрүстүөлүттэн батыммыт.
От ыйа
Олунньу
- Олунньу 10 — Наполеон сэриилэрэ: Франция хотугулуу-илин өттүэр баар Шампобере сэлиэнньэ аттынааҕы кыргыһыыга французтар 5 тыһыынча киһилээх куорпустара нууччалар уонна пруссактар 4 тыһыынча киһилээх сэриилэрин кыайбыт. Нуучча сэриитин баһылыга генерал-лейтенант Олсуфьев билиэҥҥэ түбэспит.
- Олунньу 18 — Монтро аттынааҕы кыргыһыыга Наполеон кронпринц Вюртемберг хамаандалыыр Пруссия сэриитин урусхаллаабыт. Пруссактар үс төгүл аҕыйахтар этэ.
Төрөөбүттэр
Өлбүттэр
|
|