1741
1741 сыл.
Туох буолбута
- Нууччалар уонна шведтар ыккардыларыгар сэрии саҕаламмыт (1741—1743)
- Джунгаардар Орто уонна Кыра жузтар сирдэрин сэриилииллэр, Сырдарья орто тардыытын былдьыыллар.
Олунньу
Муус устар
Бэс ыйа
От ыйа
- От ыйын 15 — Аляска соҕуруулуу-илин кытылыгар Алексей Чириков хараабыла тиксибит. Нууччалар баркааһынан кытылга тахсан Аляскаҕа сылдьыбыт бастакы европеецтар буолбуттар.
Атырдьах ыйа
- Атырдьах ыйын 23 (уруккунан а.ы. 12) — Иннокентий аҕабыыт Үөһээ Бүлүү симэбийэтигэр боярский сын диэн дуоһунастаах Дмитрий Копаевка уонна астаапкаҕа олорор сулууспалаах Лука Санниковка "со товарищи" сыаркап тутарга ыйааҕа тахсыбыт. Аҕабыыт бу кэмҥэ сыл кэриҥэ онно олорбута, уонна сыаркабы бэйэтэ көрөн-истэн туттарбыта[1].
Ахсынньы
- Ахсынньы 6 — Арассыыйаҕа дворцовай переворот түмүгэр Иоанн Антонович былаастан ууратыллыбыт, ыраахтааҕыннан Бүөтүр I кыыһа Елизавета Петровна буолбут.
Төрөөбүттэр
Өлбүттэр
- ↑ Сергей Вахрин Тайны якутский фамилий. — Якутск: Якутская республиканская типография им. Гагарина, 2024. — Т. 1. — С. 713-716. — 968 с. — 1000 экз. — ISBN 978-5-471-00800-7
|
|