Францууз тыла, Боронсуус тыла[3] (le français, la langue française) — французтар тыллара (Франция) официальнай тыла), Бельгия, Швейцария, Канада сорох олохтоохторун төрөөбүт тыллара (бу дойдуларга официальнай тыллартан биирдэстэрэ буолар). Француз тылынан Африка, Кариб бассейнын (Гаити уо. д. а.) дойдуларыгар, Французскай Гвианаҕа саҥараллар.
Индоевропейскай тыллар кэргэннэригэр (романскай бөлөххө, галло-романскай подгруппаҕа) киирэр.
Сурук - Бичик
Алпабыыта
Француз алфавита латиницаҕа тутуллубут:
Буукуба
|
Саха тыла
|
A
|
А
|
B
|
Б
|
C
|
С,К
|
D
|
Д
|
E
|
Э,Е
|
F
|
Ф
|
G
|
Г
|
H
|
Х,Һ,Ҕ
|
I
|
И
|
J
|
Ж
|
K
|
К
|
L
|
Л
|
M
|
М
|
N
|
Н,Ҥ
|
O
|
О
|
P
|
П
|
Q
|
К
|
R
|
Р
|
S
|
С
|
T
|
Т
|
U
|
У,Ү,Ю
|
V
|
В
|
W
|
В
|
X
|
КС,ГС,ГЗ,С,З
|
Y
|
И,Й
|
Z
|
З
|
Диакрит бэлиэлэрэ
Французскай тылга сүрүн алфавиты таһынан диакритическай бэлиэлэр туһаныллаллар:
- Акут (фр.accent aigu) — сабыылаах тыаһы бэлиэтииргэ туттуллар.Холобур: É.
- Гравис (фр.accent grave) — аһаҕас дорҕоону бэлиэтииргэ туттуллар .Холобур: À,È,Ù.
- Цыркумфлекс (фр.accent circonflexe) — ол аата тыас уһаата диэн.Холобур: Â,Ê,Ô.Буукубаларынан эмиэ суруллар І(Î) уонна U(Û), ол гынан баран онно орфография өттүттэн эрэ баар.
- Трэма (фр.tréma) — буукубаны икки сүһүөхтэн арааран көрдөрөр.Холобур: E(Ë),I(Ï),U(Ü),Y(Ÿ).
- Седиль (фр. cédille) — арай "С"(Ç) диэн суруллар, ол аата буукубаар тыаһын көрдөрөр [С]([S]).
Бу бэлиэлэр бары суруйарга булгуччулаах буолаллар. Кинилэр суохтара аббревиатуралартан ураты ,холобур: СЕЕ(Communauté Économique Européenne) биир кэлим орфографическай сыыһата буолар.
Сортировкаҕа бу бэлиэлэри тэйиэххэ сөп (тылтан ураты, бу бэлиэлэр көмөлөрүнэн эрэ араарыахха сөп).
Быһаараллар