Жирков Марк Николаевич (08.04.1892—17.04.1951) — саха бастакы идэтийбит композитора, Саха государственнай национальнай хуорун тэрийээччи[1], фольклору хомуйааччы, уопсастыбаннай диэйэтэл.
Олоҕун олуктара
- 1892 сыллаахха муус устар 8 күнүгэр Бүлүү куоратыгар төрөөбүт.
- 1936 сыллаахха Москва консерваториятын композиторскай отделениетын бүтэрбит (И. И. Дубовскай кылааһа).
- Саха норуодунай хуорун тэрийбит, уонна онтун 1940 сылга дылы салайбыт.
- 1940—1947 сыллардаахха Музыка театр-студиятын уус-уран салайааччытынан Дьокуускайга үлэлээбит.
- 1947 сылтан Тыл, литература уонна история институутун искусствоведенияҕа салаатын салайбыт.
- 1951 сыллаахха муус устар 17 күнугэр Дьокуускайга өлбүт.
Айымньылара
Саха драматын театрын спектаакылларын музыкатын айбыта:
Олоҥхоҕо олоҕуран аан бастакы саха музыкальнай драматын Суорун Омоллоон либреттотыгар
- "Дьулуруйар Ньургун Боотуру" туруорбута (1940).
Г.И. Литинскэйдиин бастакы саха операларын «Ньургун Боотур» (1947), «Сыгый Кырынаастыыр» (1947) * «Сир симэҕэ» остуоруйа-балеты (Дьокуускай, 1947) суруйбут.
- "Алый платочек", балет (1949).
Саха поэттарын тылларыгар (Г. Лобачевтуун уонна да атыттардыын) хас да ырыаны суруйбут:
- "Төрөөбүт дойду туһунан ырыа" (А. Тимофеев тыллара)
- "Дьокуускай үрдүнэн" (Чаҕылҕан тыллара)
- "Булчут ырыата"
- "Сааскыга" (Күннүк Уурастыырап тыллара)
- "Дьол-үөрүү ырыата" (Күннүк Уурастыырап тыллара), о. д. а.
Саха норуотун ырыаларын үөрэппитэ, сурунан ылара уонна обработкалаан таһаарар этэ.
- "Якутские песни для голоса и хора с сопровождением фортепиано" диэн хомуурунньугу таһаартарбыта (М. — Л., 1948).
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Саха АССР искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ (1941)
- РСФСР искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ (1947)
- Бүлүү улууһун ытык киһитэ[2]
Быһаарыылар
Сигэлэр