Бикипиэдьийэҕэ маннык араспаанньалаах дьон туһунан ыстатыйалар бааллар, көр
Данилов.
Данилов Иван Кононович (29.02.1916, Хадан нэһилиэгэ, Сунтаар улууһа — 08.04.1995[1]) — сэһэнньит, очеркист, публицист, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1965).
Олоҕун олуктара
- 1916 сыллаахха Сунтаар улууһугар олунньу 29 күнүгэр төрөөбүтэ. 1936 сылтан Элгээйи, Тойбохой оскуолаларыгар учууталынан үлэлээбит.
- 1939 сыллаахха Дьокуускайга учууталлары бэлэмниир институту бүтэрбитэ.
- 1955 сыллаахха Дьокуускайдааҕы пединституту үөрэнэн бүтэрбитэ.
- 1950 сыллаахха «Сунтаар» диэн ааттаах бастакы кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта.
Айар үлэтин норуот фольклорун хомуйууттан саҕалаабыта.
Айымньылара
- Сунтаар. — Дь., 1950
- Сырдык таас: Остуоруйалар. — Дь., 1961
- Алмаастаах куоракка айан: Очеркалар, сэһэннэр. — Дь., 1962
- Өҥ хочо. — Дь., 1967
- Саха сирин туһунан ырыа. — Дь., 1969
- Чээнэ туһунан номох. — Дь., 1973
- Саха сирин туһунан номох. — Дь., 1986
- Уйгулаана: Сэһэн. — Дь., 1995
- Юные исследователи родного края: Очерк. — Якутск, 1953
- Приручение солнца. — Якутск, 1956
- Песнь о Якутии / пер. Р. Хакимов. — М., 1967
- Сказ о Якутии. — Якутск, 1982
- Тропой открытий: Повесть. — Якутск, 1984
Олоҕун, айар үлэтин туһунан
- Багдарыын Сүлбэ. Түбүгүрбэккэ, хаһыспакка да. // Хотугу сулус. — 1986. — № 2
- Тумат С. Саха сирин туһунан ырыа: 70 сааһын туолуутугар. // Хотугу сулус. — 1986. — № 2
Быһаарыылар
Ылыллыбыт сирэ
- Писатели земли Олонхо. — Якутск, 2000.
Сигэлэр