Билим

Билим (нууч. Наука) — айылҕа, уопсастыба, толкуй эйгэлэрин анаан чинчийэр, кинилэр тустарынан билии ыларга туһаайыллар киһи-аймах дьарыга. Бу дьарык олоҕунан билим фаактарын хомуйуу, ону куруук саҥардан биэрии, биир тиһиккэ киллэрии, анаалыстааһын уонна онно олоҕуран саҥа билиини айыы (синтез) буолар. Билим айылҕа уонна уопсастыба көстүүлэрин ойуулааһынынан муҥурдаммакка, биричиинэ-силиэстийэ ситимнэрин туһанан инникини анааран көрөр.

Устуоруйата

Киһи эйгэни уонна бэйэтин чинчийэн билиини хаҥатар, олоҕун тупсарар үлэтэ былыр-былыргыттан киһи баар буолуоҕуттан саҕаламмыт буолуохтаах.

Бастакы билимнэртэн биирдэстэрэ — астрономия. Бастакы билигин биллэр астрономнарынан Вавилон олохтоохторо буолбуттара. Б. э. и. XII үйэҕэ оҥорбут таастарыгар сулус Иштар таҥараны кытта бииргэ, Ый — Сина таҥараны уонна Күн — Ша маша таҥараны кытта ойуулаабыттара көстөбүтэ.

Бастакы биллэр учуонайынан хас да киһини ааттыыллар, ол иһигэр бастакы Эгиипэт пирамидатын бырайыактаабыт Имхотеп (б.э.и. XXVII үйэ эргин олорбут), Ииндийэ эмчитэ Сушрута (б. э. и. 600 сыл эргин төр.). Ол эрээри, аныгы билим бастакы учуонайынан Фалес Милет диэн киһини ааттыыр (б. э. и. 624 с. эргин төрөөбүт — б. э. и. 548 сыл эргин өлбүт), кини натурфилософияны (айылҕа бөлөһүөпүйэтин) олохтообута. Фалес уонна кини үөрэнээчччилэрэ айылҕаны итэҕэлтэн уонна үһүйээннэртэн арааран чинчийэргэ кыһаллыбыттара.

Б.э.и. V үйэҕэ Былыргы Греция Афина куората натурфилософия киинэ буолбута, онно Сократ (б.э.и. 470—399 сс.) олорбута уонна үлэлээбитэ. Кини Платону (б. э. и. 427 с. эрг.—348 с. эрг. олорбут) үөрэппитэ. Оттон Платон Аристотели (б. э. и. 384322 сс.) үөрэппитэ. Платон уонна Аристотель мөккүөрдэригэр, бастакыта билии төрдө киһи билбэт эйгэтигэр баар диирэ, Оттон Аристотель дьиҥи киһи тулалыыр эйгэни кэтээн көрөн булуон сөбүн ыйара.

Былыргы гириэк бөлүһүөктэрин үлэлэрин ордук суолталаах түмүгүнэн луогукалаан толкуйдууру биир тиһиккэ киллэрии этэ. Холобур, дедукция — аксиоматтан түмүк быһаччы тахсыыта (дьон бары өлөллөр, Платон — киһи, онон Платон хаһан эрэ өлөр), индукция — түмүк аксиоманы кытта ситимнээх, ол эрээри ол ситимэ аһара быһаччы буолбатах (Күн сарсыарда аайы тахсар, онон сарсын эмиэ тахсыаҕа)[1].

Ол эрээри билиҥҥи билим киһи-аймах туспа дьарыгын быһыытынан XVI–XVII үйэлэргэ баар буолбута диэн ааҕар.

Билим салааларын классификацията

Өссө маны көр

Быһаарыылар

  1. Том Джексон Главное в истории науки = The Shot Story of Science, A Pocket Guide to Key Histories, Experiments, Theories, Methods & Equipment. — Москва: Манн, Иванов и Фербер, 2022. — С. 12-13. — 224 с. — 5000 экз. — ISBN 978-5-00195-705-8

Strategi Solo vs Squad di Free Fire: Cara Menang Mudah!