Адыгея Өрөспүүбүлүкэтэ (нууч. Респу́блика Адыге́я, адыг. Адыгэ Республик) диэн Арассыыйа Федерациятын өрөспүүбүлүкэтэ.
Киинэ — Майкоп.
Краснодар кыраайыныын кирбиилэhэр.
От ыйын 27 1922 тэриллибитэ.
Географията
Адыгея Хапхаас хайаларын хоту тэллэхтэригэр сытар, хотутугар хонуулар, соҕуруутугар хайалар. Тыалар сирин 40 % ылаллар.
- Иэнэ: 7,600 км²
- Үрдүкү чыпчаала: Чугуш хайа (3,238 м)
Кэм зоната
Адыгея Москва кэм зонатыгар (MSK/MSD) баар. UTC уларыйыыта +0300 MSK)/+0400 MSD).
Өрүстэр
Күөллэр
Республикаҕа улахан күөллэр суохтар. Уу хаайар сирдэр:
- Краснодарское
- Октябрьское
- Шапсугское
- Щитское
Хайалар
Сир баайа
Республика ниэбинэн уонна айылҕа гааhынан баай. Атын сир баайдара кыhыл көмүс, үрүҥ көмүс, вольфрам уонна тимир.
Килиимэтэ
- Тохсунньу орто температурата: −0,5 °C
- От ыйын орто температурата: +23 °C
- Сөҥүү орто таhыма: 70 см
Устуоруйата
Адыыгтар хотугулуу арҕаа Хапхаас төрүт олохтоохторо буолаллар, XIII үйэттэн ыла черкестар диэн биллэллэр.
АСФСР састаабыгар киирэр Адыыг автоном уобалаhа от ыйын 27, 1922 тэриллибитэ.
Дьоно
Олохтоохторун ахсаана — 442,7 тыh. киhи. (2006), куорат олохтоохторо — 52,6 % (2006). Дьон чиҥэ — 56,8 киhи/км² (2006).
Өрөспүүбүлүкэҕэ 80-тан тахса омук олорор. 2002 сыллааҕы Арассыыйа олохтоохторун сурутуутунан, өрөспүүбүлүкэ омуктара:
Омук |
2008 сыллааҕы ахсаана, тыh. (* Архыыптаммыт 2011, Алтынньы 10 күнүгэр.)
|
Нууччалар |
275,2 (62,4 %)
|
Адыыгтар |
114,2 (25,9 %)
|
Эрмээннэр |
15,5 (3,5 %)
|
Украиннар |
8,9
|
Курдар |
4,0
|
Татаардар |
3,6
|
Түрктэр |
3,6
|
Сыгааннар |
2,0
|
Беларустар |
1,8
|
Гириэктэр |
1,7
|
Азербайдьаннар |
1,5
|
Ниэмэстэр |
1,2
|
Чеченнар |
1,1
|
Олохтоох пууннар
Олохтоох пуун |
Олохтоохторун ахсаана (2008), тыh.
|
Майкоп |
152,2
|
Яблоновский |
25,8
|
Энем |
18,2
|
Гиагинская |
15,0
|
Адыгейск |
12,3
|
Ханская |
11,1
|
Тульский |
10,3
|
Красногвардейское |
9,0
|
Кошехабль |
7,7
|
Каменномостский |
7,3
|
Дондуковская |
6,5
|
Краснооктябрьский |
5,4
|
Тахтамукай |
5,2
|
Администрациянан араарыыта
Куораттар:
Муниципальнай оройуоннар:
Экономиката
Адыгея сайдыылаах индустриялаах уонна тыа хаhаайыстыбалаах республика. Сайдыылаах индустрия салаалара: ас, тыа, мас таҥастааhына уонна кумааҕы, массыына оҥоруута уонна металл чочуйуута.
Туhалаах сирдэрин бүтүн иэнэ 781,4 тыh. гектар (1998), онтон 244,7 гектары хорутуллар сирдэр ылаллар. Олохтоох тыа хаhаайыстыбатын салаалара үүнээйи үүннэриитэ, чооску, хой, көтөр уонна сылгы иитиитэ.
Республика сиригэр олохтоох авиалиниялар, массыына уонна тимир суол транспорта сайдыылаах. Кубань өрүс аал сырыылаах.
Үөрэҕирии
Адыгея икки сүрүн үрдүк үөрэҕирии кииннэрэ Адыгея ил университета уонна Майкоп ил технология университета.
Политиката
Республика сүрүн сокуона — Адыгея Республикатын конституцията.
Сигэлэр
Арассыыйа Федерациятын Субъектара